Норуот депутата, Ил Түмэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, парламент сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Александр Уаров сэтинньи 25 күнүгэр “2014 сылга СР судаарыстыбаннай бюджетын туһунан” сокуон барылыгар итиэннэ “Тыа хаһаайыстыбата уонна балыктааһын”, “Тулалыыр эйгэни харыстааһын уонна айылҕаны туһаныы” хайысхаларыгар сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа үлэтин салайда.