Амма улууһун Болугур нэһилиэгин баһылыга, нэһилиэк депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Кузьмин:
- Сэтинньи ый ортотугар иккис сессиябыт буолбута. Онно сүрүн боппуруостарбытын көрөн, ырытан, быһаарыы ылынан баран, “Ил Түмэн” хаһыаппытын өйүөххэ диэн санааҕа кэлбиппит. Тоҕо диир буоллахха, бу сыллар тухары биһиги хаһыаты сурутан кэллибит уонна хаһыат биһиги, депутаттар, үлэбитигэр хайдах курдук көмөлөөҕүн билэбит.